Бүгүн Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн “Дьулурҕан” спортзалга аҕам саастаахтарбыт тоҕуоруһа мустан хорнхол күрэҕэр көхтөөх кыттыыны ыллылар🙌🏻🙌🏻🙌🏻, ол курдук барыта 19 кыттааччы кытынна. Күрэх ирдэбилинэн эр дьон 8 миэтирэ, дьахталлар 6 миэтирэ ыраахтан бырахтылар, усулуобуйа быһыытынан сирэй көрсөн кыайбыт салгыы барар, хотторбут туоруур. Сытыы киирсиилээх оонньуу кэнниттэн дьахталларга: 🥇м.-Федора Васильевна Павлова 🥈м.-Айталина Борисовна Николаева, 🥉м.-Евдокия Николаевна Ковлекова , Эр дьоццо: 🥇м.-Савва Васильевич Васильев🥈м.-Иван Захарович Евсеев,🥉м.-Илья Ильич Саввинов ыланнар “Хоро нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын мэтээллэринэн,Махтал суруктарынан наҕараадаланнылар. Аҕам саастаах дьоннорбут эдэр ыччаттарбытыгар олоххо көхтөөхтөрүнэн холобур буолалларынан киэн туттабыт✊🏻✊🏻✊🏻 Сарсын городки, өйүүн дартс күрэхтэрэ ыытыллыахтара, сытыы киирсиилэр буолаллара сабаҕаланар. Онон дьоммут-сэргэбит кэлэн кыттыҥ, кэлиҥ, көрүҥ🤗🤗🤗