Ханыы күн-доруобуйа күнэ

“Ханыы күн – доруобуйа күнэ” тэрээһинэ Хоро нэһилиэгэр үрдүк таһаарыылаахтык ааста.Г.Н. Чиряев аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара сарсыардааҥҥы эт-хаан хамсаныыларын оҥордулар. “Кэскил” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэригэр “Хаалыктаах хаамыы” дьарыгын физинструктор Альбина Филиппова көрдөрдө.Дойдубут дьонугар “Чөл – олох төрдө” чэбдигирдэр хамсаныылары көрдөрдө спорт ветерана Савва Васильев. Ол кэнниттэн, хаалыктаах хаамыы дьарыгар бэйэ сатабылларын үллэһиннилэр.Олохтоох участковай балыаһа […]

12 июня день России

Поздравляю с великим праздником — Днем России! Днем могучей страны, в который мы живем и трудимся на ее благо, любим, создаем семьи, воспитываем детей. Пусть здесь каждого из вас ждет только светлое будущее, счастье и процветание. Желаю, чтобы вы всегда были полны сил, энергии и желания исполнять свои мечты и достигать высот. Гордитесь нашей страной, восхищайтесь ею, и пусть у вас все будет хорошо!

Саха сирин олохтоохторо бу күнү – айылҕабыт уһуктан, күлүм күммүт сылааһынан угуттаан, тула өттүбүт чыычаах ырыатынан туолан, күөххэ үктэнэр дьикти кэрэ кэммитин – үөрэ-көтө көрсөбүт. Өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, алаадьы, кус минэ буһаран, аймахтарбытын, доҕотторбутун, ыалларбытын кытта улахан остуол тула мустабыт.

Бу күннэргэ тыа сирин олохтоохторо сүөһүлэрин үүрэн сайылыкка көһөллөр. Биһиги өрөспүүбүлүкэтигэр сайылык хаһаайыстыбатын сайыннарыы төрүт үгэһи чөл хаалларар соруктаах эрэ буолбакка, экэниэмикэ өттүнэн көдьүүстээх. Ол курдук Хоро нэһилиэгиттэн 20 км.ыраах сытар Сээҥээби түбэтигэр сытар “Эбэ” диэн сиргэ хоро5ор муостаа5ы өрө туппут Хоро нэһилиэгин биир ытык кырдьаҕаьыгар ыалдьыттаатым. Семен Михайлович Дмитриев 82 сааьыгар сылдьар диэтэххэ оҕонньор […]

Оҕо баар буолан күн күлэр, оҕо баар буолан олох тупсар».

Олох тыллар үөрүүтэ – Оҕо сиргэ түһүүтэ, Олох кэрэ дорҕооно – Оҕо саҥатын дуораана, Орто дойду минньигэһэ – Оҕо сытын алыба, Олоҕу дьолунан толорор Оҕо чэгиэн үөрүүтэ, Олох кыра күнчээнэ. Бэс ыйын 1 күнэ – норуоттар икки ардыларыгар бэлиэтэнэр бырааһынньык. Бу күнү бэлиэтиир туһунан дьахталлар норуоттар икки ардыларынааҕы демократическай федерацияларын анал сессиятыгар 1949 сыл сэтинньитигэр […]

⚜️⚜️⚜️Аҕыс ыйдаах аам-даам тымныылаах кырыа кыһыны этэҥҥэ туораан күөххэ үктэммит үөрүүлээх кэммитин айхаллаан ыам ыйын 25 күнүгэр кус мииннээх, арыылаах алаадьылаах, салама баайар аргыстаах, оһуохай оонньуута дорҕоонноох

?“Уруйдан самаан сайын”?тэрээһин Хоро нэһилиэгэр хайдах ааспытын аллараа ыйыллыбыт сигэннэн көрүҥ!