“Ийэ5э махтал”

Хоробут нэҺилиэгин күн күбэй ийэлэрин, эйэ5эс эбээлэринийэ күнүн нэдиэлэтин чэрчитинэн алтынньы 17 күнүгэр, Хоробут нэҺилиэгин көмүс тарбахтаах иистэнньэҥэ, дизайнер ҮөҺээ Бүлүүтээ5и “Тускул” о5о сайдар киинин педагога Гюльнара Владимировна Тарасова “Иис алыбар ылларан” – диэн маастар кылааска сахалыы кэҺиэччик киэбин, иис кистэлэҥин үллэҺиннэ.

“Ийэ5э махтал”

Хоробут нэҺилиэгин күн күбэй ийэлэрин, эйэ5эс эбээлэрин Ийэ күнүн нэдиэлэтин чэрчитинэн алиынньы 17-18 күҥҥэригэр, олохтоох библиотека5а Хоробут нэҺилиэгин көмүс тарбахтаах иистэнньэҥэ, дизайнер ҮөҺээ Бүлүүтээ5и “Тускул” о5о сайдар киинин педагога Гюльнара Владимировна Тарасова “Иис алыбар ылларан” – диэн маастар кылааска сахалыы кэҺиэччик киэбин, иис кистэлэҥин үллэҺиннэ. Эдэр,элбэх оҕолоох ийэ Евдокия Алексеева “Сэгэйэ” (сал.Семенова С.С.) иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин […]

Ханыы күн- доруобуйа күнэ

Ханыы күнү Хоро нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ доруобуйаны тупсарыы тэрээһиннэргэ кыттан бэрт сэргэхтик атаардылар. Ол курдук “Кэскил” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ, иитээччилэрэ, Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ эти-хааны чэбдигирдэр хамсаныылары оҥордулар. Хоро нэһилиэгин хаалыктаах хаамыы түмсүүлэрин кыттыылаахтара сарсыарда аайы бөлөҕүнэн сибиэһэй салгыҥҥа хааман дьэгдьийэллэр. Участковай балыаһабытыгар Дүллүкүттэн стоматолаг быраас кэлэн нэһилиэнньэ олохтоохторун приемнаан эмтээтэ. Ону сэргэ […]

“Учуутал-эн үрдүк ааккар”

Үөһээ Бүлүү улууһун Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын учууталыгар ЗАХАРОВА Виктория Александровнаҕа Ил Дархан БАСТЫҤ ПЕДАГОГ-НАСТАВНИК бириэмийэтэ туттарылынна🤩🥳👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻

Бүгүн, алтынньы 4 күнүгэр, Хоро нэһилиэгин А.Д.Филиппов аатынан култуура тэрилтэтигэр “КиноМаниЯ” киинэ саалата үөрүүлээх арыллыыта буолла. Бу күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыылаах, Сахабыт сирин араас муннуктарыгар 40 киинэ саалатын куйаар ситимин нөҥүө арыйан икки бүк долгутуулаах буолла.Киинэ саалатын арыллыытыгар Хоро нэһилиэгэр киинэ сайдыытыгар өр кэмҥэ үлэлээбит Кылыярова Лидия Васильевнаҕа, Попова Татьяна Сонгиновнаҕа […]

“Ханыы күн – доруобуйа күнэ” Хоро нэһилиэгэ улуус үрдүнэн биллэриллибит доруобуйа күнүгэр ханыылаан уонна а5ам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн Хоротоо5у участковай балыыһа терапевт бырааһа Ксенофонтов В.Ф., фельдшер Трофимова Н.Ю уонна олохтоох библиотекаттан Чиряева М.М. алтынньы 1 күнүгэр а5ам саастаахтарга дьиэлэригэр сылдьан доруобуйаларын туругун бэрэбиэркэлээн, наадыйар эмтэрин тиксэрэн биэрдилэр, библиотекарь хас сылдьыбыт а5ам саастаахтарыгар өссө уһун үйэлэниҥ диэн туран “Үйэ” сурунаалы бэлэх уунна уонна сөбүлээн аа5ар кинигэлэрин , сурунаалларын уларыста.

Балаҕан ыйын 27 күнэ- Судаарыстыбаннас күнэ

Судаарыстыбаннас күнэ Хоро нэһилиэгэр!Балаҕан ыйын 27 күнэ Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха сирин судаарыстыбаннаһын күнүн миитиҥэр кыттыыны ыллылар. Күн иккис аҥарыгар “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” атыы-эргиэн дьаарбаҥката уонна “Тыл баттл” өйү тургутар оонньуу буолан ааста.

“Ханыы күн-доруобуйа күнэ “

“Ханыы күн – доруобуйа күнэ” бырайыак “Доруобуйа чааһа” үһүс тэрээһинэ тэрилиннэ!“Ханыы күн – доруобуйа күнэ” бырайыак чэрчитинэн “Доруобуйа чааһа” тэрээһин буолан ааста. Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ эт-хаан чэбдигирдэр хамсаныыларын кылаастарынан оҕолор бэйэлэрэ оҥортордулар. “Кэскил” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ сылы быһа эргиччи сиир битэмииннээх оҕуруот астарын хостоотулар уонна орто бөлөхтөргө Альбина Филиппова хамсаныылары көрдөрдө. […]

“Ахсым ат үрдүгэр”

Николай Васильевич Николаев-Мөччөккөй туһунан “Ахсым ат үрдүгэр” кинигэ сүрэхтэниитэ сэргэх тэрээһиннээх, истиҥ кэпсэтиилээх, толору иэйиилээх, сахалыы тыыннаах этэҥҥэ ааста🙌🏻 Нэһилиэкпит историятын кэпсиир, кэнчээри ыччакка билиһиннэрэр кинигэни оҥорон таһаарбыт Евдокия Николаевна Бабарановаҕа, киниэхэ эҥкилэ суох көмөлөспүт Мария Тимофеевна Александроваҕа истиҥник махтанабыт👍🏻