Хоротоо5у олохтоох модельнай библиотека “Ийэ тыл уонна сурук -бичик” күнүн чэрчитинэн Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын, “Кэскил” о5о сайдар киинин , Хоро нэһилиэгин олохтоохторун кытта улуус, республика үрдүнэн ыытыллыбыт тэрээһиннэриттэн туора турбакка бэрт түмсүүлээхтик кытынныбыт.
Билсиҥ, саҥа кинигэлэр
Ааптар «Оҕолор уонна аҕалар» диэн үйэлээх тиэмэҕэ хайа да түгэҥҥэ көнө, сөптөөх суолга, сырдыкка сирдиир ыллык баарын, оҕо оҕоҕо, улахан да киһиэхэ холобур буолар олохторунан, саха ыалын үтүө үгэстэринэн сиэргэ, эйэҕэс, амарах майгыга иитэр кэпсээннэригэр итэҕэтиилээхтик сэһэргиир.
Олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.
Саха Сирин бастакы Президена М.Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күнүнээҕи 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» Ыйааҕыгар олоҕуран, Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ — олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ. Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнэ! Ийэ тылбыт харааньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп- Дапсы […]
Үөһээ Бүлүү оройуонун төрөөбүт күнүнэн — оройуон төрүттэммитэ 89 сылынан!
2024 сыл Российскай Федерацияҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас сылларынан биллэрилиннэ.Оттон биһиги төрөөбүт улууспут салгыы сайдыытыгар торумнаммыт үлэ-хамнас үрдэллэрин ситиһэргэ тирэх быһыытынан Түмсүү сылын биллэрэбит.Тапталлаах дойдубут Үөһээ Бүлүү, самныбат саргылан, кэхтибэт кэскиллэн, охтубат оҥоһуулан! Туругура-тупса тур! Онно ананар барыбыт сырдык санаабыт, күүрээннээх үлэбит, күннэтэ дьарыкпыт.Түмсүү – ситиһии төрдө! Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.В.Николаев. Хоротоо5у […]
27 января 1944 года Ленинград был полностью освобождён от фашистской блокады
Блокадный Ленинград. Батарея зенитных орудий у Исаакиевского собора ведет огонь, отражая ночной налет немецкой авиации Город трех революций, больше двух лет «оторванный» от СССР нацистской блокадой в годы Второй мировой войны, был освобожден 80 лет назад. Это произошло в ходе Ленинградско-Новгородской операции, уничтожившей основные силы группы армий «Север». Окончательное снятие блокады ленинградцы вспоминали с огромной […]
Олоҥхо күнүнэн тургутук!
Күндү ааҕааччы, кылгас тургутугу аас, бэйэҥ билиигин бэрэбиэркэлэн: https://onlinetestpad.com/nmb6lsnqmjrjs
Олоҥхо күнүнэн!
Олоҥхо саха омук былыыр былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күрсүүлэрин туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта. Олоҥхо киһи өркөн өйүн күүһүн күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар.2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. Нөҥүө сылыгар СӨ […]
Олоҥхо ыллыктарынан айан!
Олоҥхо декадатынан анаан сэтинньи 29 күнүгэр Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто сокуолатын иккис кылааһын үөрэнээччилэригэр тахсан Олоҥхо туһунан “Олоҥхо ыллыктарынан айан” диэн оонньуу нөҥүө билиһиннэрии ааспыта. “Олоҥхо ыллыктарынан айан” остуол ооньуута оҕо олоҥхо туһунан билиитин кэҥэтэр, сахалыы тылын байытар, толкуйдуур, суоттуур дьоҕурун сайыннарар. Остуол оонньуутугар иккиттэн алтаҕа диэри оҕо оонньуон сөп. Айыы бухатыырдара уонна Кэрэ куолар […]
“Остуоруйа холбуката”
Сэтинньи 22 күнүгэр Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык киһитэ Николай Гаврилович Золотарев-Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылыгар анаан “Остуоруйа холбуката” диэн тэрээһин ааста. Бу тэрээһин оҕолорго сахалыы суруйааччылары, остуоруйалары билиһиннэри, сырдатыы, оҕолорго сахалыы тылга, остуоруйаларга тапталы иҥэрии сыаллаах-соруктаах ааста. Остуоруйалары аахтылар Оҕо сайдар киинин уһуйаана […]
Николай Якутскай 115 сылын көрсө!
Бүгүн сэтинньи 22 күнэ – саха сирин биир киэҥник биллэр, таптаан ааҕыллар суруйааччыта Николай Гаврилович Золотарев-Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сыла. Кини саха прозатын үчүгэй айымньыларынан байытыспыт өҥөлөөх. Николай Якутскай Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ. Николай Якутскай 1908 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр […]