Хоринская модельная сельская библиотека приняла участие во Всероссийской акции “Сила книги”.
,,Библионочь-2025″
Бүгүн муус устар 26 күнүгэр, Саха сирин Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө уонна ,,Библионочь-2025″ акция чэрчитинэнА. Д. Филиппов аатынан култуура тэрилтэтэ уонна олохтоох библиотека Улууспут 90 сылын, Улуу Кыайыы 80 сылын, Сахабыт сиригэр Ийэ дойдуну, Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччилэр сылларынан “Өркөн өй” блиц- турнир ыытта. Манна сааһыттан тутулуга суох оҕолор да улахан да дьон кэлэн кыттыыны ыллылар. […]
ҮөҺээ Бүлүү хаҺыатын 52 сыл ынараа өттүнээ5и сүүрүү сонуна
Хоро орто оскуолата бастакы улахан ситиһиитэ этэ. Бу сүүрүүнү олох умнубаппын биһиги ахсыска үөрэнэр, бастакы выпустар тохсуска үөрэнэр кэмнэригэр ситиспиппит! Оччолорго Хабытчаров Гаврил физкультура учуутала этэ. Саас Уот сиэбит күөлүгэр эччийбитэ. Биир биэрэстэҕэ сүүрдэр этэ күөлү биирдэ эргийэн кэлэрбит. Ол саҕана ити икки этээстээх дьиэ да оскуола да суохтара. Григорьев Бүөккэ, Софронов Болуодьа, Ефремов Сааска, […]
Сурутуу 2025- Улуу Кыайыы 80 сыла
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Хоро нэһилиэгин аҕа баһылыга Иванов Альберт Александрович көҕүлээһининэн “Хоро нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии дьаһалтатын үлэһиттэрэ аҕам саастаах олохтоохторун күндү, кэтэһиилээх ыалдьыт буолан тиийэр “Үөһээ Бүлүү” улуустарын хаһыатыгар сурутан, күндү, үйэлээх бэлэҕи утары ууннулар.Оонньооботох оҕо саастарынан, тыылга килбиэннээх үлэлэринэн Улуу Кыайыыны чугаһатыспыт, эйэлээх олоҕу тутуспут ытык-мааны дьоммутугар сылаас болҕомтолорун, патриоттуу өйдөрүн-санааларын олоххо […]
Быйылгы сылга нэһилиэкпитигэр ыытыллар тэрээһиннэргэ “Хоро нэһилиэгэ” МТ дьаһалтата хас биирдии тэрилтэ нэһилиэнньэ олохтоохторугар биирдии тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыталларын курдук сонун этии киллэрбитин тэрилтэлэр өйөөннөр, бүгүн олохтоох дьаһалта тэрийиитинэн ♟♟шахмат күрэхтэһиитэ ыытылынна, киирсиилээх оонньуу түмүгүнэн оҕолорго Саша Нестерова 1 миэстэ🥇, Нестерова Юлия 2 миэстэ🥈 Еремеева Саяна 3 миэстэ 🥉ыллылар, улахан дьоҥҥо Семен Харас 1 миэстэ🥇, Сергей […]
“Хаар айан -2025”
Программа соревнования «🏆Кубок Хоро 2025» – с 9ч00м до 11ч00м мандат в СК «Дьулуур» с.Хоро; – 12ч00м церемония открытия, парад участников🚙🛻🚗🏎️;- 13ч00м этап “Драг 201 метр”;- 15ч00м этап “Спринт 600 метров”;- 16ч00м этап “Эстафета 1000 метров”;- 17ч00м этап “Круговой 2000 метров»;- 18ч00м награждение 🏆🥇🥈🥉;- 19ч00м разъезд команд🚗🚙🛻;Соревнования проводятся на озере «Мөрөөйү» в 11 км от […]
А5а дойду сэриитин кыттыылаа5ын огдооботугар үбүлүөйдээх мэтээл.
*Хоро нэһилиэгин олохтооҕор, 98 саастаах Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕын огдооботугар Филиппова Марина Елисеевнаҕа ыалдьыттаатыбыт.*Марина Елисеевнаҕа Россия Президенын В.В. Путин 2024 сыл балаҕан ыйын 2-с күнүнээҕи Ыйааҕынан оҥоһуллубут “80 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг..” диэн үбүлүөйдээх мэдээли СӨ экономика миниистирэ Петр Иванович Попов туттарда.Марина Елисеевнаны кэлэн иһэр Улуу Кыайыыбыт күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Чөл […]
“Кыайыы былаа5а”
Үөһээ Бүлүү улууһугар Кыайыы Знамятын эстафетата түмүктэнэр. Бүгүн, олунньу 19 күнүгэр, Хоро нэһилиэгэр Дүллүкү нэһилиэгиттэн Кыайыы Знамятын көрүстүбүт. Кыайыы Знамята 3 күн устата Харбалаах, Тамалакаан, Ороһу, Балаҕаннаах, Нам, Кэнтик, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү нэһилиэктэринэн, үөрэх кыһаларынан сылдьан бүгүн Хоро нэһилиэгэр кэллэ. Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт “Кыайыы Знамята” өрөспүүбүлүкэтээҕи эстафетатын чэрчитинэн Знамяны Дүллүкү нэһилиэгин баһылыга Николай […]
“Сахалыы дьыктаан”
Хоро нэҺилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр аналлаах сахалыы дьыктаан суруйуута буолла.Саха фронтовик суруйааччыта Тимофей Сметанин “Кыайбыттар ыһыахтара” диэн айымньытыттан бэлэмнэммит тиэкиһи Хоро орто оскуолатын алын сүҺүөххэ ветеран учуутала Мариса Васильевна Николаева суруттарда.”Бастыҥтан бастыҥ суруксут” үрдүк ааты Айталина Николаева, “Бастыҥ суруксут” Хаар Семенова, “Үчүгэй суруксут”Октябрина Филиппова ыллылар.Онтон атыттар туоҺу суруктары туттулар.Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин […]
Волга кэтэҕэр биһиэхэ сир суох!” (Сталинграды босхолооһун 82 сыла)Киһи аймах устуоруйатыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биир саамай кырыктааҕынан уонна хаан тохтуулааҕынан Сталинградтааҕы кыргыһыы буолар. Икки өттүттэн: кыргыһыы хонуутугар охтубуттарынан, бааһыран госпиталларга киирэн өлбүттэринэн, сураҕа суох сүппүттэринэн фашистскай Германия 1,5 мөлүйүөн сэрииһитин, ССРС 1,1 мөлүйүөн буойунун сүтэрбиттэрэ. 1943 сылтан Кыһыл Аармыйа сэрии хаамыытын тосту уларытан, далааһыннаах […]