“Саалаахтан самнымаҥ, охтоохтон охтумаҥ”
ҮөҺээ Бүлүү улууҺун Хоро орто оскуолатын 6 кылааҺын үөрэнээччилэрэ олохтоох библиотека5а кэлэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрдилэр. Ол курдук кыргыттар бэйэлэрэ быҺан, тигэн биэрдилэр, уолаттар чыыппаан тыыран, кылы төгүрүтэн силигин ситэрдилэр. О5олор сэмэй кылааттарын киллэрбиттэриттэн үөрэн тар5астылар.
Биир дойдулаахпыт Алекскей Александров дьиэ кэргэнигэр”Эр санаа ” уордьана туттарылынна
Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин байыаһа Александров Алексей Александрович хорсун быһыытын иһин Россия Президиэнэ В.В. Путин Ыйааҕынан бэриллибит “Орден мужестваны” дьиэ кэргэнигэр туттардым.Алексей Александрович 2022 сыл балаҕан ыйыгар хантыраагынан сулууспаҕа анал байыаннай дьайыы сиригэр барбыта. 2023 сыл тохсунньу ыйыгар геройдуу Аҕа дойду туһугар сырдык тыына быстыбыта.Алексей ийэтигэр Домна Алексевнаҕа, аҕатыгар Александр Николаевичка ис сүрэхтэн туохха […]
“Эр хоҺууттарбытыгар”
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар *”СВОИХ НЕ БРОСАЕМ”* акцияҕа кыттыҺан Сэгэйэ түмсүү кө5үлээҺининэн эйэ5эс эбээлэр, ийэлэр түмсэн анал байыннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар угунньа уонна арчыланар, ыраастанар набордары онордулар.Кыһаллан туран түбүгүрбут эбээлэрбитигэр, ийэлэрбитигэр бука барыларыгар махтанабыт.Илиилэрин сылааҺын иҥэрэн оҥорбут оҥоһуктара туһалаатын диэн үтүө санааннан үлэлэрин ыыттылар.*БИҺИГИ КҮҮСПҮТ – ТҮМСҮҮГЭ!*
Мой первый президент -Михаил Николаев
Михаил Ефимович Николаев (13 ноября 1937 — 4 августа 2023) — советский и российский государственный и политический деятель.Первый президент Республики Саха (Якутия) с 1991 по 2002 год.Председатель правительства Республики Саха (Якутия) с 1992 по 1993 год.Член Совета Федерации Федерального собрания Российской Федерации — представитель от исполнительной власти Республики Саха (Якутия).Заместитель председателя Совета Федерации Федерального собрания […]
“Ийэ5э махтал”
Хоробут нэҺилиэгин күн күбэй ийэлэрин, эйэ5эс эбээлэринийэ күнүн нэдиэлэтин чэрчитинэн алтынньы 17 күнүгэр, Хоробут нэҺилиэгин көмүс тарбахтаах иистэнньэҥэ, дизайнер ҮөҺээ Бүлүүтээ5и “Тускул” о5о сайдар киинин педагога Гюльнара Владимировна Тарасова “Иис алыбар ылларан” – диэн маастар кылааска сахалыы кэҺиэччик киэбин, иис кистэлэҥин үллэҺиннэ.
“Ийэ5э махтал”
Хоробут нэҺилиэгин күн күбэй ийэлэрин, эйэ5эс эбээлэрин Ийэ күнүн нэдиэлэтин чэрчитинэн алиынньы 17-18 күҥҥэригэр, олохтоох библиотека5а Хоробут нэҺилиэгин көмүс тарбахтаах иистэнньэҥэ, дизайнер ҮөҺээ Бүлүүтээ5и “Тускул” о5о сайдар киинин педагога Гюльнара Владимировна Тарасова “Иис алыбар ылларан” – диэн маастар кылааска сахалыы кэҺиэччик киэбин, иис кистэлэҥин үллэҺиннэ. Эдэр,элбэх оҕолоох ийэ Евдокия Алексеева “Сэгэйэ” (сал.Семенова С.С.) иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин […]
Ханыы күн- доруобуйа күнэ
Ханыы күнү Хоро нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ доруобуйаны тупсарыы тэрээһиннэргэ кыттан бэрт сэргэхтик атаардылар. Ол курдук “Кэскил” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ, иитээччилэрэ, Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ эти-хааны чэбдигирдэр хамсаныылары оҥордулар. Хоро нэһилиэгин хаалыктаах хаамыы түмсүүлэрин кыттыылаахтара сарсыарда аайы бөлөҕүнэн сибиэһэй салгыҥҥа хааман дьэгдьийэллэр. Участковай балыаһабытыгар Дүллүкүттэн стоматолаг быраас кэлэн нэһилиэнньэ олохтоохторун приемнаан эмтээтэ. Ону сэргэ […]
“Учуутал-эн үрдүк ааккар”
Үөһээ Бүлүү улууһун Г.Н.Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын учууталыгар ЗАХАРОВА Виктория Александровнаҕа Ил Дархан БАСТЫҤ ПЕДАГОГ-НАСТАВНИК бириэмийэтэ туттарылынна🤩🥳👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻
Бүгүн, алтынньы 4 күнүгэр, Хоро нэһилиэгин А.Д.Филиппов аатынан култуура тэрилтэтигэр “КиноМаниЯ” киинэ саалата үөрүүлээх арыллыыта буолла. Бу күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыылаах, Сахабыт сирин араас муннуктарыгар 40 киинэ саалатын куйаар ситимин нөҥүө арыйан икки бүк долгутуулаах буолла.Киинэ саалатын арыллыытыгар Хоро нэһилиэгэр киинэ сайдыытыгар өр кэмҥэ үлэлээбит Кылыярова Лидия Васильевнаҕа, Попова Татьяна Сонгиновнаҕа […]